+7(411)32 29-4-50
678222 Республика Саха (Якутия), Вилюйский улус, с.Усун, улица А.В.Степанова, дом 14/1
Пн - Пт с 8:15 до 18:45

Адрес электронной почты: detsadusun.xatynchaan@mail.ru

 

19.02.2020

Кыайыы Чорооно

19.02.2020

 Олунньу ый 18 күнүгэр  “Хатынчаан” уһуйааныгар биир улахан бэлиэ күн буолан ааста. Ол курдук Улуу Кыайыы 75 сылыгар аналлаах “Кыайыы Чороонун” долгуйан туран көрүстүбут. Кырачаан иитиллээччилэрбитигэр, нэһилиэкпит биир кырдьаҕас олохтооҕо, Үлэ-тыыл бэтэрээнэ Григорьев Иван Фомич (Эһээ Уйбаан) күүтүүлээх мааны ыалдьыт буолан күммүтүн киэргэттэ. Эһээ Уйбааны тулалыы олорон, ол ыарахан сэрии сылларын туһунан олус интириэһинэй кэпсээнин чуумпуран олорон иһиттилэр. Түөһүгэр килбэнниир мэтээллэрин тутан-хабан көрдүлэр, интириэһиргиир ыйытыыларын биэрдилэр. Түмүккэ ырыа-хоһоон бэлэхтээтилэр, өссө да көрсүһүөхпүт диэн баҕа санааларын эттилэр.

    Добавить комментарий
    Необходимо согласие на обработку персональных данных
    Повторная отправка формы через: